Якутские буквы:

Якутский → Якутский

субуотунньуктаа

туохт. Субуотунньукка үлэлээ. ☉ Работать на субботнике
Биһиги икки күн субуотунньуктаан мас кэрдэр туһунан туруорбуппут. М. Доҕордуурап
Субу кэлэр өрөбүлгэ Туора алааска субуотунньуктуу тахсаары тэринэн эрэллэр эбит. «ХС»
Ханна да тиийдин — үлэлээбит, субуотунньуктаан кыттыбыт тутуулара. «ХС»


Еще переводы:

субуотунньуктас

субуотунньуктас (Якутский → Якутский)

субуотунньуктаа диэнтэн холб. туһ. Хата, сарсын Хоруобуйа анныгар субуотунньуктаһан, санааҕын аралдьыт. «ХС»
Тэбис-тэҥҥэ субуотунньуктаһа сылдьан хайдах төттөрүтүн этэҕин? «ХС»

сөхсүлүн

сөхсүлүн (Якутский → Якутский)

  1. сөхсүй диэнтэн атын. туһ. Аатырбыт «Саһыл Сыһыы» сөхсүллэн, үс күннээх-түүнү быһа субуотунньуктаан турардаахпыт. В. Титов
  2. Тугу эмэ гынан түбүгүр, бөхсүн. ☉ Хлопотать, суетиться
    Аны, били кырдьаҕас чээрэлээх диэбиккэ дылы, оҕонньоттор сөхсүллэн баартара. В. Яковлев
    Хамандыыр кэнниттэн бары сөхсүллэбит, бары тыыннаахха дылыбыт. В. Быков (тылб.)