Якутские буквы:

Якутский → Якутский

судураайдаа

туохт., кэпс. Бөрүкүтэ суохтук, дьалаҕайдык эбэтэр албыннаан-түөкэйдээн тугу эмэ гын, оҥор. Делать что-л. небрежно, недобросовестно, нечестно, обманным путём
Кини үс күн охсон судураайдаабыт отун Домна сыта-олоро сылдьан биир күн бүтэрдэ. А. Фёдоров
Ат сүүрдэн сакылаакка сүүйбүт баайын-дуолун хаартыга судураайдаан баран, илин үрэххэ тахсарыгар атын …… атыылаан кэбиспитэ. И. Федосеев
Онтон Тайҕаҕа эргинэн, дьонтон дьоҥҥо «уол буолан», оннук судураайдаан, араастаан эргийэнурбайан, байбыт. А. Сыромятникова


Еще переводы:

судураайдан

судураайдан (Якутский → Якутский)

судураайдаа диэнтэн бэй
туһ. [Нөнүөһэ:] Мин эйигин буруйдааххын дии иликпин. Бэйэҥ таптыыргынан сылдьаҕын буолбат дуо? [Пётр Николаевич:] Билинэбин, бу кэнники бириэмэҕэ кырдьык олус судураайданным. С. Ефремов