аат., зоол. Биир килиэккэттэн турар эттээх-сииннээх харамайдар тииптэрэ. ☉ Простейшие
Судургучааннар эттиктэрэ микроскопка эрэ көстөрдүү кыра, баара-суоҕа биир килиэккэттэн оҥоһуллубут, ол гынан баран ол соҕотох килиэккэ — бэйэтэ туһунан олохтоох бүтүн организм. ББЕ З
Судургучааннар тууһа суох ууларга, муораларга уонна сиргэ олохсуйаллар. ББЕ З