Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сулук

аат., эргэр. Атах таҥаһын сототун алын өттүгэр тилэҕин эргиччи синньигэс салҕааһын. Узкая нашивка на задник обуви. Этэрбэс сулуга. Саппыкы сулуга
[Этэрбэс:] Туһааннаах тигиини Сулугун таппат гына Тоороттон бардым. Саха нар. ыр. II
ср. кирг. жулук ‘рант (обуви)’, шор. чулук ‘выкройка’

улук-сулук

сыһ. Чуолкайа суохтук, барбах эрэ. Смутно, неясно. Хомус дьүрүһүйэр көмүс дорҕоонноро олус да аһыылаахтык-ыарыылаахтык сүрэҕин тыытар: улук-сулук буола умнуллубут убайын Өрөгөчөй өлбөөдүйбүт мөссүөнэ, ийэтин сымнаҕас, сылаас илиилэрэ, аҕатын тыйыс сирэйэ …… тиллэн кэлэллэр. Далан
Онно сис үрдүгэр Эгийээн тахсан хайыһан көрдөҕүнэ, Халыҥ Иэдэс [хайа аата] улук-сулук көстөрө эбитэ үһү. «ХС»


Еще переводы:

бүркэптиин

бүркэптиин (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Таба тыһа этэрбэс баһын эргиччи бүүрүктүү тигиитэ, сулуга. Узкая полоса по краям носков торбасов из оленьих камусов, союзка.

тооротун

тооротун (Якутский → Якутский)

тоорот диэнтэн бэй., атын
туһ. [Этэрбэс] Туһааннаах тигиини Сулугун таппат гына Тоороттон бардым. Саха нар. ыр. II
Догдоҥ хара тыабыт Лоҥкур көмүс туорааҕа Тоороттон тоҕунна. Е. Иванова
Көмөр хара баттаҕыҥ хаар маҥан буола илигинэ, илин-кэлин тииһиҥ тоороттон түһэ илигинэ, мин эйиигин бу хаайыыттан таһаартарыам суоҕа. В. Протодьяконов