туохт.
1. Үөһэттэн өҥөйөн турар курдук үрдүк, туруору көрүҥнээх буол. ☉ Выситься, возвышаться
Арыт маҥан оппуоха хайалар кылбаһаллар, арыт киһи курдук туруук таастар кэккэлээн суоруһан тураллара көстөр. И. Гоголев
Кини …… санаатыгар, түҥнэстибит тыыны кытта бииргэ сыыр хааһын үрдүгэр суоруспут хойуу тииттэр, тирэх мастар салҕалас буола түһээт, төбөлөрүнэн уу диэки куоҕастыы умсан эрэргэ дылы буоллулар. «ХС»
2. Дьиппиний, нүһэрсий. ☉ Принимать угрюмый, мрачный вид (о ком-чём-л.)
Маҥан былыт хаастарын Сабырытаат, букатын Саҥарбакка хайалар Өссө сөҥнүк суорустулар. И. Гоголев
Ыраах хайалар тараҕай төбөлөрө номнуо хаар ураанньыктанан суоруһан олороллоро көстөр. Н. Заболоцкай
Якутский → Якутский
суорус
Якутский → Русский
суорус=
совм.-взаимн. от суор =.