Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сыбыгыраа

I
субул. тыас туохт. Биир кэм түргэнник хатыланар «сып-сып» гынар тыаһы таһаар. Производить быстрое чередование шелестящих звуков (напр., о шуме мелкого, частого дождя). Самыыр тыаһа сыбыгырыыр
Тиэтэл бөҕөнөн тэбигирээн, Тыынын муҥунан сыбыгыраан, Атыллаан иһэн аһа охсор. А. Софронов
Сэтиэнэххэ, хадьымалга ороҕуран Силигирии, сыбыгырыы сүүрэн, Хороҥ отунан хорҕолонон Хорооҥҥо кутуйах түһэр. К. Туйаарыскай
Көйүүр Үҥээлэбис Көбүөхтүүрүн көрөн кэбис, Сыт-сымар ылаат өрүсүһэн Сыбыгырыы сүүрбүтэ сүрүн! Кыраһа к.
ср. хак. сыбдыра ‘шелестеть’
II
дьүһ. туохт. Чэпчэкитик уонна түргэн-түргэнник үктэнэн хаамп (хол., атах сыгынньах). Легко и быстро двигаться
[Уолчаан] иирэ быыһынан барар сөрүүн суолга сыгынньах атаҕынан бытыгыраччы үктэтэлээн олус түргэнник сыбыгыраан истэ. А. Сыромятникова
Илиитигэр ньургуһун тутуурдаах атах сыгынньах кыыс ыллык устун хааман сыбыгыраан иһэрэ. ПП Дь

Якутский → Русский

сыбыгыраа=

1) издавать быстрые чередующиеся шелестящие звуки; 2) легко и быстро двигаться.


Еще переводы:

сыбыгырат

сыбыгырат (Якутский → Якутский)

сыбыгыраа I, II диэн курдук. Хааман сыбыгырата турда
Сэдэрэх соҕус самыыр түһэн сыбыгыратар. Софр. Данилов
Огарнова эбии көөнньөн, абаран-сатаран, кэпсээн сыбыгыратан барда. ПП Дь
Суруйан сыбыгырата олорбут кумааҕытын чэрэниилэтэ өссө да ситэ куура илик быһыылаах. «ХС»

сыбыгырас

сыбыгырас (Якутский → Якутский)

I
сыбыгыраа I, II диэнтэн холб. туһ. Урут Өймөкөөҥҥө бу харамайдары [таракааннары] харахтыы илигим, дьэ иҥсэлээх, сыбыгыраһан кытыгырас да кыыллар буолаллар эбит. Н. Заболоцкай
Сотору …… хотоол, толоон устун сыккыс уулара, ууллаҕас сибиниэс курдук, сыбыгыраһа сырсыахтара. ПДН ДьХ
Ууну, харалдьыгы булбатах айан көтөрдөрө дьиэлэр турбаларын үрдүнэн сыбыгыраһаллар. «ХС»
II
даҕ.
1. Биир кэм түргэнник хатыланар «сып-сып» гынар тыастаах. Издающий быстрые лёгкие звуки. Самыыр тыаһа сып-сыбыгырас. Сыбыгырас атах тыаһа иһилиннэ
2. Сыыдам уонна түргэн, чэпчэки (хол., хаамыы, сүүрүү). Быстрый и проворный, лёгкий (напр., о ходьбе, беге). Сыбыгырас хаамыы
Туманнаах да буоллар, Тулааһынап Галимова түргэн сыбыгырас хаамыытын эндэппэккэ билбитэ. Далан