сытырҕаа диэнтэн тиэт
көрүҥ. «Эн атаһыҥ эт үөлбүт. Үөлбүт эт сыта кэлэр!..» — Хобороос таныытын сэгэлдьитэн сытырҕаамахтаата. И. Гоголев
«Эн кимҥиний?» — диэбиттии, ураанньыктаах сирэйэ малайан, эргиллэн көрдө уонна муннун сырдырҕатан сытырҕаамахтаан ылла. М. Доҕордуурап
[Эһэ] начаас тохтуу түһээт, …… бэдьэкэчийэн кэлэн, аргыый сытырҕаамахтаан баран, биэдэрэ иһигэр муннун батары биэрэн салаамахтыар диэри мин эмиэ сир ылан хааллым. Н. Заболоцкай