Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэлээгэ

  1. көр силээгэ. «Чэ, көтөҕөн көрөрбүт дуу, кыайар инибит. Сэлээгэ бэлэмнээбитим онно баар», — Мэхээскэ ити аата үлэҕэ соруйдаҕа. В. Яковлев
    Хотон арҕаа өттүгэр хас да киһи сэлээгэ мас устун суоруллубут бэрэбинэни быанан тардан таһаараллар. «ХС»
  2. От тиэйэр сыарҕаны кэтирэтэр эрэһээҥки, титирик адарай. ☉ Решётчатый настил из лиственничных жердинок для расширения поверхности саней при перевозке сена
    «Татыйык, дьэ кытаат, охсуоххунан оҕус. Сэлээгэ маста уонна төһүүлэрдэ булуҥ», — диэн сүбэлээбитэ. Далан
    Мин сыарҕабар сэлээгэ оҥорон бараммын, төһөҕө бүтэрэбин, бугуллуоҕум. «Чолбон»
    ср. русск. слега ‘лесины, используемые для подъёма строительного материала на верх строящегося здания’