Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэниэтий

  1. сэниэлэн диэн курдук. Балыгы иһим ыларынан сиэтим, сэниэтийдим. Н. Абыйчанин
    Натааһа Хаабыһаба аҕыйах күнтэн бэттэх арыый буолан, сэниэтийэн, дьиэтин иһигэр туран сүөдэҥниир буолла. «Чолбон»
    Хата, Ылдьаана кэпсэтэн, кэпсээн барбытыттан өйдөөбүттэрэ, үөрүөх иһин, кыыһа арыый сэргэхсийэн, сэниэтийэн эрэр үһү. «Чолбон»
  2. көсп. Үптэн-астан, кыаҕыр. Стать состоятельнее, иметь достаток
    [Уолаттар] бары үлэни-хамнаһы бэркэ кыайар дьон буоланнар, сэниэтийбит эбиттэр. Эрилик Эристиин
    Кинилэр [Кириисэлээх Өкүүсэ] бэйэлэрин көлөһүннэринэн бэркэ сэниэтийэн, кыһалҕата суохтук олорор ыал эбит. Эрилик Эристиин
    Дойду быйаҥыттан көрө матар батараак дьон Сэбиэскэй былааска сир ылан, сүөһү ииттэн, сэниэтийэн испиттэрэ. «ХС»

Еще переводы:

сүөдэҥнээ

сүөдэҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт.
1. Аадьуо икки өттүгэр иэҕэҥнээн, бытааннык хаамп. Идти, двигаться медленно, неторопливо, слегка переваливаясь с боку на бок
Миитэрэйдээх дьиэлэрин таһыгар ким эрэ күлүгэ сүөдэҥниир. Далан
Сыадах [оҕус аата] миигинэ да суох бэйэтэ хааман сүөдэҥниирэ. Н. Якутскай
Уйбаан Дьоруодабыс кэбиниэтигэр кэрийэ сүөдэҥниир. «Кыым»
Ыалдьан дуу, санаарҕаан дуу күлүк курдук аат харата эрэ хаамп, сырыт. Ходить, двигаться медленно, словно тень (будучи больным или печальным)
Натааһа Хаабыһаба аҕыйах хонуктааҕыттан ыла арыый буолан, сэниэтийэн дьиэтин иһигэр туран сүөдэҥниир буолла. И. Сысолятин
Дьэкиим санаата түһэн туох да саҥата суох үрүҥ дьиэтин диэки сүөдэҥнии турбута. Н. Заболоцкай
Миитэрээс, дьүүллэнэн санаата алдьанан, кимиэхэ да сыстыбакка, соҕотоҕун сүөдэҥнээтэ. П. Аввакумов
2. көсп., сөбүлээб. Сүрэҕэлдьээн аатыгар эрэ хамсаабыта, үлэлээбитэ буол. Двигаться, работать через силу, очень вяло (из-за лености)
Оттон били оҕо дьиэтин өрөмүөннүүргэ эмиэ сүөдэҥнииргэ дылы этиҥ дии? В. Ойуурускай
Күн ыаһаҕын ыытар курдук, буоллархааллар үлэлээн сүөдэҥниир. Н. Кондаков
Киһилэрэ окко киирэн биир күн бугул угааччы аатыран, аатын эрэ сүөдэҥнээн көрөн баран, эт быһынным диэн кыккыраччы аккаастанан дьиэтигэр тахсыбыта. ФСВ С
Күлүгүҥ эрэ сүөдэҥнээ, баһыҥ эрэ барыҥнаа — үлэлиир киһи аатын ылаары суолтатыгар эрэ үлэлээбитэ буол. Работать только для вида, кое-как
Тугу хоторуох киһигиний? Күлүгүҥ эрэ сүөдэҥниир, баһыҥ эрэ барыҥныыр. «Кыым»
ср. туркм. сөведеҥлемек ‘бездельничать, бродить без дела; слоняться, шататься’