Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэрэнимтиэ

даҕ., кэпс. Олуһун дьаарханар, сэрэнэр. Очень осторожный, осмотрительный. Ол көтөр сэрэнимтиэ муҥнаах
Кини …… кыыс эппитинээҕэр өссө ордугу билиэн баҕарбыта буолан баран, сэрэнимтиэ үгэһэ баһыйан, тохтообута. Н. Островскай (тылб.)


Еще переводы:

сэрэх

сэрэх (Якутский → Якутский)

I
аат. Чахчытын билбэккэ эрэ сэрэйэн көрөн этии, таайыы. Догадка, предположение, гипотеза
Нууччалыы хоһооннорго билбэт тыллара үгүс буолаллар да, ол аһаҕас аҥхалааттары Микиитэ бэйэтин сэрэҕинэн дэхсилээн өйдүүр. Амма Аччыгыйа. Оччолорго Эллэй Боотуру кыргыс дуу, татаар дуу омук эбитэ буолуо диэн сэрэх эрэ буолара үһү. БСИ ЛНКИСО-1938
Чоочо бэйэтин сэрэҕинэн сэрэйэн, Манчаары Баһылай уматтаҕа диэн, кини ханна баарын, тугу гынарын ирдээбит. МНН
Сэрэх хоту — чахчытын билбэт эрээри таайан, сэрэйэн көрөн, быһа холоон (хол., тугу эмэ гын). Не обладая точными сведениями, опираясь на толки и догадки, наугад (напр., делать что-л.). Сэрэх хоту кэпсии сылдьыма, тоойуом
Мин, ыйыттаҕына даҕаны, манна олорон сэрэх хоту туох диэхпиний, үөрүүнэн сөбүлэһиэм этэ буоллаҕа дии. Софр. Данилов. Муҥханы түһэриэххэ син этэ, ол гынан баран сэрэх хоту быраҕар эмиэ сатаммат. Доҕордоһуу т.
II
1. аат. Туохтан эмэ эрдэттэн дьаарханыы, кэтэнии-мананыы; сэрэнэ санааһын. Опасение; осмотрительность, осторожность
Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр (өс хоһ.). Тоҥон ыксаан иһэр буолан, туох да сэрэҕэ суох ыал тэлгэһэтин иһигэр киирэн, манна бандьыыттар баалларын дьэ өйдөөн, биирдэ «бабат» диир. Н. Якутскай
Аккын манна аҕалан сүөрэ тардыы гына баай, сэрэх хаһан да куһаҕаны оҥорбот. Ф. Постников
Сэрэҕин сүтэрбит ньиэмэһи хаптатан баран ботугураата: «Биир эбилиннэ, манан бүппэккит буоллар». Н. Заболоцкай
2. даҕ. суолт. Ордук сэрэнимтиэ; сэргэх, кутталы, сыыһаны эрдэттэн өйдүүр. Особо осторожный, осмотрительный; чуткий, опасливый
Сэрэх, наҕыл Киргиэлэй быһа-хото тыллаахөстөөх убайыттан улаханнык дьулайар. Амма Аччыгыйа
Андаатар сэрэх кыыл, ол иһин умсар, ханан тахсарын муннарар, буор уйатын кистиир дииллэр. Далан
Кырдьаҕас дьон сэрэх, көрсүө соҕус буолуохтаахтар эбээт! Н. Заболоцкай
Бэрт (улахан) сэрэҕинэн — олус сэрэхтээхтик, сэрэниин-сэрэнэн. Очень осторожно, с величайшими предосторожностями
Бэрт сэрэҕинэн табаҕын уматан баран, испиискэтин кэннигэр элиттэ. Амма Аччыгыйа
Кинилэр бэрт сэрэҕинэн аппаны-дьаппаны аахтаран көрөн, оргууй уһуннардылар. М. Доҕордуурап
Отучча киһини талан, бэрт түргэнник тэринэн, улахан сэрэҕинэн, өстөөх тыылыгар тахсыбыппыт. И. Сосин