тальниковое кольцо в ноздрях быка (к к-рому прикрепляется повод); ср. чурумчу.
Якутский → Русский
сэтэлгэ
Якутский → Якутский
сэтэлгэ
аат.
1. Оҕус муннугар, үүтэ оспотун диэн, чурумчу оннугар быстахха угуллар быа, талах. ☉ Тальниковое (или из верёвки) кольцо в ноздрях быка, к которому прикрепляется повод. Ыксаан төбөтүттэн тарпыта, оҕуһун сэтэлгэтэ быһа ыстанан, оҕонньор бадарааҥҥа тиэрэ таһылла түһэр. Саха сэһ
1977. 2. көсп., поэт. Холбуур, түмэр аналлаах туох эмэ. ☉ Что-л. объединяющее, соединяющее, скрепляющее
Ыраас буорум үрдүгэр Силлибэт сэтэлгэ Тэрилиннин диэтэхпит буоллун, Оҕолоор! Саха фольк. Үрүт-үөһэ ол Сэргэлээх Өрүү хоһуллар эгэлгэлээх. Улахан аҥара эргэлээх Уонунан хоһоон сэтэлгэлээх. С. Тимофеев
[Дьыл оҕуһа] Ыыс-туман тыыннаах, Чэҥ-муус сэтэлгэлээх Боруу муус муруннаах Хайыарбыт ойбон харахтаах. НСА ПШЯП. Тэҥн. чурумчу
ср. ДТС йет ‘вести, тянуть (за руку, за поводок)’