Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сээбэҥнэһии

сээбэҥнэс диэнтэн хай
аата. Куолуларынан Кынаачайдаах тэлгэһэлэригэр мунньустан кэлии-барыы, сээбэҥнэһии саҕаламмыта. ЭКС ТБТ

сээбэҥнэс

сээбэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Биһиги дьон хараҕын ортотугар түмүстэхпитинэ, эмиэ тугу эрэ тэринээри сүпсүгүнэстэхтэрэ диэн дьон сээбэҥнэһиэхтэрэ. Г. Колесов
Бандьыыттары күлэн ортолуу күннүүхаанныы олордохпутуна, мин таспар олорор эдэр киһи тахсан барда, эргиллибэтэ, дьон чөрбөҥнөһө, сээбэҥнэһэ түстүлэр. Р. Кулаковскай
Хайа диэкиттэн ким эрэ кинилэр дьиэлэригэр чугаһаан иһэр тыаһа иһиллибит, булчуттар сээбэҥнэһэ түспүттэр. В. Санги (тылб.)

сээбэҥнээ

туохт.
1. Сүрүн соруккуттан, дьарыккыттан туохха эмэ аралдьыйан хаал; тугу эмэ гынар кыаххыттан тахсан хаал. Отвлекаться от чего-л., от какого-л. дела; потерять способность делать что-л., заниматься чем-л.
Күн бүгүнүгэр диэри Таҥыыттар сээбэҥнээбэккэ олороллор, онон сарсын сарсыарда халлаан сырдыыта тоҕо анньан киирэбит. Н. Лугинов
Лөкө бүгүн тоҕо эрэ сээбэҥнээбит дуу, мэлдьи олбу диэки хайыһан турбахтыыр. А. Сыромятникова. Хайдах бултуур кэм чугаһаата да, сээбэҥнээн сүгүн утуйбат, аанньа аһаабат буолан хаалабын. М. Тролуков
2. Сэрэн-сэрбэн, саарбахтаа, саараҥнаа. Остерегаться, колебаться
Оо, сээбэҥнииртэн ордук ыарахан баар үһүө, аны билигин барыта соҕотохто дьэҥкэрдэ, иннигэр көбүс-көнө биир суол тыргыйда. Н. Лугинов
Олус сээбэҥниир, бэл куттанар да курдук санаалар кинини элбэхтэ үүйэ-хаайа туталлар. Е. Неймохов
Кууһума иһигэр сээбэҥнии санаан, кыргыттарыгар чугаһыырдыы, үөрүйэх хамсаныынан таастан тааска дэгэйэн, тиэтэйэ-саарайа түһэн истэ. «Чолбон»

Якутский → Русский

сээбэҥнээ=

отвлекаться (от того, чем занят); үлэҕиттэн сээбэҥнээмэ не отвлекайся от работы.


Еще переводы:

сээбэҥнэт=

сээбэҥнэт= (Якутский → Русский)

побуд. от сээбэҥнээ = отвлекать кого-л. (от основного занятия); эн кинини сээбэҥнэтимэ ты его не отвлекай.

сээбэҥнэт

сээбэҥнэт (Якутский → Якутский)

сээбэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Дьонун сүбэтинэн, бэйэтин кытары турхааттарын ылбыта уонна туора хараҕы-кулгааҕы сээбэҥнэтимээри, тэйиччи соҕуһунан үс мэҥэни батыһыннарбыта. Н. Лугинов
Ол эрээри кини түҥкэтэх майгыта улахан дьону бэркиһэтэрэ, ону ааһан сээбэҥнэтэрэ. Эҕэрдэ СС
Ити, куһаҕаны биттээн, кырдьаҕас ойуун көҕөн, улар саҥатынан сээбэҥнэтэн түүйбүт. ПИС СТС

үт

үт (Якутский → Якутский)

I
туохт.
1. Анньан биэрэн, анньыалаан, кими, тугу эмэ миэстэтиттэн сыҕарыт, сыҕарытан илт. Толкать, пихать, заставляя кого-что-л. двигаться в направлении от себя
Уолаттар Миитээни түһүлгэҕэ чөмпүйүөнү кытта туһуннараары үтэн киллэрдилэр. Е. Неймохов
Уолаттар туртаһы үрэх хааһын үрдүгэр сиэтэн, кэнниттэн үтэн таһаарбыттара. И. Федосеев
Күнүс Кыымы көлүөһэлээх остуолга сытыаран хирург хоһун диэки үттүлэр. С. Никифоров
Тугу эмэ кимиэхэ туохха эмэ чугаһата анньан биэр. Подтолкнуть, пододвинуть что-л. к кому-чему-л.. Ити олох маһы бу диэки үтэн биэр эрэ
Миискэлээх аһын ньирэйин төбөтүгэр үттэ. А. Сыромятникова
Дьэллик отууга балачча тииҥнээх арыый эрдэ кэлэн уот оттон, чаанньыгын уокка үтэ сылдьара. Н. Заболоцкай
2. Үөһэ диэки кими эмэ өрө анньан биэр, тахсарыгар көмөлөс. Помочь кому-л. забраться вверх, подтолкнуть снизу
«Эн куттаныма, хатаастан ис. Биһиги үтэн биэриэхпит!», — дииллэр дьонум. Н. Заболоцкай
Кыым кинини өрө үтэн биэрэрин кытта, киһитэ бэрт чэпчэкитик үөһээ хатаастан тахсар. С. Никифоров
ср. др.-тюрк., хак. ит, алт. ийт, тат. этү ‘толкать, отталкивать’
II
туохт. Үрдүгэр итии күлү тарыйан тугу эмэ (хол., хахтаах хортуоппуйу, кыра балыгы) буһар эбэтэр уоттаах чоххо чараас гына быһыллыбыт эти ууран буһар. Печь (напр., картошку, мелкую рыбу) в золе под горящими углями; жарить мясо на рожне или на углях
Уол эт үтэн сиэн, ойуулаах муос уктаах, көмүс кыыннаах быһаҕын атаҕар уктан, үөрэн-көтөн баран хаалар. Саха фольк. Хахтыын үппүт хортуоска Хаарыан сыта тунуйда. Күннүк Уурастыырап
Кыра хатыыһы үтэн баран тириитин ньылбы тардаҕын. Далан
Хортуосканы күл анныгар уган үтэн сиэбиттэрэ минньигэс да буолар эбит. Г. Колесов
ср. тюрк. үт, өт ‘палить, обжигать’
III
туохт. Хойуутук, өлгөмнүк үүнэн таҕыс (сайын эрдэ өлгөм ардах кэнниттэн куйаас күннэргэ от хойуутук, түргэнник үүнэрин этэргэ). Расти быстро и густо, вытягиваться (о травостое после обильных дождей в знойные дни)
Үс салаалаах Үнэр күөх ото Өрө үүнэн үтэр эбит. Күннүк Уурастыырап
Долгуһа турдуннар холкуостаах хонуулар Дороххой үүнүүнэн өлгөмнүк үтэннэр! С. Васильев
Үүнэр оппут үтэн, Локуорабыт торолуйда, Боруу, өлөҥ от быыһынан Бочоох собо чолумнаата. К. Туйаарыскай
IV
туохт. Илими иит, туруор. Ставить сети (рыболовные)
Вася эрэһиинэ тыытын үрдэринэн, илимнэрин үтэ киирдэ. Н. Лугинов
Эһиги биһиги туспутугар сээбэҥнээмэҥ. Бытаан эрэ буолуо, илими атын ньыманан үтүөхпүт. Тыы үрдүттэн буолбатах. И. Федосеев
Илими үтэн кэбистиҥ да бэрт сынньалаҥнык киирэн көрүөххүн эрэ наада — аһаатаҕыҥ ол. Багдарыын Сүлбэ
Үтэн-анньан көр — тугун-ханныгын билээри иҥэн-тоҥон ыйыталас, түөргүлээ. Испытывать, проверять кого-л., выведывать что-л. у кого-л. (букв. пытаться толкать-пихать)
Үтүө киһи буоламмын, Үөнүм батарбакка, Үтэн-анньан көрбүтүм. П. Ойуунускай
«Бука эн сиргэ быраҕан аралдьыттардыҥ буолуо?» — диэн үтэн-анньан ыйытан көрбүтүгэр, уола ытыы-ытыы мэлдьэстэ. Н. Заболоцкай
Татьяна ол сылдьан санаатын тоҕо тэбээтэ: «Следователь кыыс эйигин үтэн-анньан көрбүтэ буолуо, ол аайы ыксаан түһэҥҥин». М. Попов
Үтэн киир — туохха эмэ (хонууга, ууга) тоҕойдоон ыраахха диэри киир (хол., тыаны этэргэ). Выступать, выдаваться мысом (напр., о лесе)
Үөскэ үтэн киирбит таас очуостар уу ортотугар ууллумахтыы олорор курдуктар. Амма Аччыгыйа
Ыраах түгэххэ — Абаҕа дэриэбинэтэ: тумустуу үтэн киирбит ойуур хаххалаан, кыһыл былаахтаах оскуола уонна биир-икки дьиэ хоруобуйалара эрэ быгаллар. Л. Габышев
Үтэн киирбит лиҥкинэс тииттэрдээх тумус сыырын өрө сүүрэн тахсаат бобуоска тохтоото. П. Филиппов