Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэһигирэт

сэһигирээ диэн курдук
Эр киһи субу-субу, үөһүн тартаран эрэрдии, күлэн сэһигирэтэрэ. Н. Босиков
«Холкуос барахсан маҕыньыыттаах курдук, тарда турааччы», — диидии оҕонньор күлэн сэһигирэппитигэр аллараа бытыга ибигирээмэхтээн ылла. М. Доҕордуурап
«Оскуолалар барахсаттар умнубаттар, тиийдэхпинэ хайа эрэ улахан тойон дуу, туох дуу кэлбитин курдук ытыс үрдүгэр түһэрэллэр», — Михаил Иванович күлэн сэһигирэтэр. И. Петров


Еще переводы:

сэһигирэччи

сэһигирэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Биир кэмник сэһигириир гына, сэһигирэтэн (күл). Низковатым голосом, заливисто (смеяться)
Урукку курдук сэһигирэччи буолбакка, хайдах эрэ ис түгэхтээхтик, кэхтэрэ соҕус күлэр буолла. Н. Босиков
«Туох санаата баттаабыт үһү, билигин кини чыычаах оҕото», — Дуугун кийиитин элэктээн сэһигирэччи күллэ. М. Доҕордуурап

ибигирээмэхтээ

ибигирээмэхтээ (Якутский → Якутский)

ибигирээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Тумсунан ыырааҕын быыһын ыраастанан дуу, тыҥыраҕынан кулгааҕын кулугутун хастынан дуу, биир кыымах кур түү саҕа бэйэкэтэ ибигирээмэхтээн ылла. Амма Аччыгыйа
«Мин оҕобун аһыммат үһүбүн!»- диэн уоһа ибигирээмэхтээтэ. М. Доҕордуурап
Оҕонньор күлэн сэһигирэппитигэр, аллараа бытыга ибигирээмэхтээн ылла. М. Доҕордуурап