Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сүгүрүйбэхтээ

сүгүрүй диэнтэн тиэт
көрүҥ. Долгуйа үөрбүт мелодист сыанаҕа хаста даҕаны төхтүрүйэн сүгүрүйбэхтээбитэ. С. Данилов
Сорук-Боллур уол Ойон киирэн Аан таһыгар Арылы тойон оҕонньор иннигэр …… Чуо бааччы доҕуйан, Сүгүрүйбэхтии турда. П. Ядрихинскай
Ыраахтааҕы түргэн хаамыынан иһэн, уҥа-хаҥас сүгүрүйбэхтиир. Л. Толстой (тылб.)


Еще переводы:

айылыат

айылыат (Якутский → Якутский)

фольк., поэт. Махтал, айхал (алгыстарга тут-лар, чуолкай суолтата умнуллубут тыл). Благословление, слава (встречается в старинных благопожеланиях-алгысах, точное значение забыто)
Уруй-тускул! «Айхал айылыат Ахан ини буоллун!»— дии-дии Сүгүрүйбэхтээн кэбистэ [эмээхсин]. П. Ядрихинскай

доҕуй

доҕуй (Якутский → Якутский)

туохт. Такымнаргын күүскэ накыҥнат (хаамаргар). Сильно подгибать колени (при ходьбе)
Сорук Боллур уол Ойон киирэн Аан таһыгар Арылы тойон оҕонньор иннигэр Дугдурус гына тура түһэн баран, чуо-бааччы доҕуйан, Сүгүрүйбэхтии турда. П. Ядрихинскай
Тарбаҕын лыс гыннаран баран, сототунан оонньоон, курусуунанан дугуйан, хааман доҕуйан барда. «Чолбон»
Атахтаргын накыс гыннаран бокулуоннаа, тоҥхой. Поклониться, согнуться в поклоне, подогнув ногу
[Кыыс] нусхайа тобуктаан, бүк түһэн доҕуйан …… уҥа илиитигэр тутан аҕалбыт туос оҥоойуктан эмтээх илгэни [Куралай Кустукка] айаҕар кутта. Д. Апросимов
Атахтаргын биир кэм имигэстик накыҥнатан хамсан, эккирээ (хол., оһуокайга). Двигаться ритмично и слегка склонившись вперед, приседая (напр., в танце)
Доҕордуура дьоннорум, Тойугунан туһулаан Туойан, доҕуйан иһиэҕиҥ! Саха фольк. Оһуохайдыыр оонньууну Оторсуннаах алааһын оройугар доҕуйан Оонньоон-күлэн көрүөҕүҥ! С. Зверев
[Эбээннэр] Атаҕы дьүөрэлээн доҕуйан Ачаттан тирэнэн тэйбиттэр. С. Дадаскинов
Тобуккунан доҕуй - сатыы тэлэһийэ хаамп; кэрийэ сырыт. Скитаться, странствовать (пешком)
Тоҕус уон үрэҕи Муустаах далайтан Соҕуруу Дьугдьуурга диэритин Тобукпунан доҕуйбут …… Муҥутуур Мутуктуур Тарбааскын Мин ахан буоллаҕым ини дуу?! Амма Аччыгыйа