аат., түөлбэ.
1. Сүлбэ (хол., өрүс, үрэх). ☉ Русло (напр., реки, речки)
Сүлүҥдэлиир үрэҕим Сүллүүтүттэн сүктээхтээн, Хаатыттан төлү көтөн халаанныра айанныыр. М. Тимофеев
Сир Ийэ хотун сигилитэ, Сүҥкэн өрүс сүүрдэр сүллүүтэ Уларыйара олус да буолар эбит! С. Зверев
[Сопхуос оробуочайдара] ыһылла сытар турбалары эт санныларынан сүгэн аҕалан ол сатамматах ууну атын сүллүүлээх сиргэ хачайдатар гына оҥорон биэртэр. «ХС»
2. Иннэ үүтэ. ☉ Игольное ушко
Туох баҕарар бэрт кыраттан, иннэ сүллүүтүн саҕаттан саҕаланар. Н. Босиков