туохт.
1. Түүннэри дьону аймаа. ☉ Беспокоить кого-л. ночами, нарушать чей-л. покой
Мин түүн барыларын сүргүйүөхпүн табыгаһа суох этэ. Дьиэбитигэр ньиэмэстэр бааллара. «ХС»
Софрон бааһынай Ермолайы, баҕар, олбуоругар да киллэриэ суоҕа, сатамматаҕына туран, чиэһинэй дьону тоҕо түүн утуппакка сүргүйэҕин диэн, хоолдьугун эрийэн биэриэҕэ. И. Тургенев (тылб.)
2. эргэр. Улахан сиэрэ-туома суох кими, тугу эмэ алҕаа (ойуун туһунан). ☉ Благословлять кого-что-л. без особых церемоний, обрядов (о шамане)
Айыы Тойон арчытынан, үрүҥ көмүс сүргүүрүнэн сүргүй! Саха фольк. Бугуй Саарын бухатыыр, айыы кыыһа Албаҥса удаҕан домноотоҕум буоллун! Сүҥ Дьааһын сүргүйүүтүнэн сүргүйдүм, Хаан Дьааһын арчытынан арчылаатым! ПЭК ОНЛЯ I
ср. тув. сүргэй ‘страшно, ужасно’, монг. шүргэх ‘касаться, задевать что-л.’
Якутский → Якутский
сүргүй
Еще переводы: