туохт., поэт. Олус элбэх, дэлэгэй буолан бараммакка куруук алла тур (хол., үрүҥ аһынан). ☉ Иметься в изобилии (обычно о молочных продуктах)
Онон, олох им-ньим устан испитэ. Сайын улуу тунах ыһыаҕа сүөгэйинэн сүүдүрүүннэнэн, Арыынан асхарыйан саҕаланан баарта. М. Доҕордуурап
Эбэ хотун эргийэр киинигэр, Араҕас илгэнэн Алла, таммалыы турар Аҕыс салаалаах, Сөҥ Сүөгэйинэн Сүүдүрүүннэнэн сүүрүгүрдэ сытар Аал Кудук мас Айгыстан үүммүт эбит. С. Васильев