туохт.
1. Дьикти, кистэлэҥ күүстээх (тыыннаах) гын; иччилээх гын. ☉ Наделять духом
Оччотооҕу дьон олус куттанар, дьиксинэр айылҕаларын амырыын күүстэрин иччилээн, аҥаар харахтаан, аҥаар атахтаан, ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн саҕа оҥорон илэ хаамтарбыт буолуохтаахтар. Эрчимэн
Норуот айымньытын мифическэй уобарастара былыргы кэнэн киһи айылҕа күүстэрин иччилээн өйдүүллэриттэн үөскээбит. «ХС»
2. Хаһаайыннаа; көһөн киир, олохсуй. ☉ Стать хозяином; поселиться, обосноваться
Айыы оҕото, Аан дойдуга тахсаҥҥын, Аал уоту оттунаҥҥын, Алаһа дьиэни иччилээ! П. Ойуунускай
Иччитэх Сиинэ сиһин Иччилиэхпит дэһэллэр. С. Данилов
Дириэктэр ааттаахпын ээ. Аатыгар эрэ бу хоһу иччилээн олорор эбиппин дии. Н. Лугинов
Иччитэх куораттарбытын иччилээҥ! М. Джалиль (тылб.)
3. Тугу эмэ туохтаах эмэ гын (кураанах хаалларыма - хол., иһити астаах хааллар). ☉ Класть, насыпать, наливать что-л. в посуду, в мешок и т. п., не оставлять их пустыми
Ол [дьол] туһугар көтөҕөргө Бакаалбытын иччилиэҕиҥ, Эһиил эмиэ көрсөргө Үлэсиһэн кэбиэҕиҥ. Күннүк Уурастыырап
Ити хоппону толору иччилээбит буор көмүһү, импэрийээллэри бар дьонтон сүһүйэн ылбыттара. Л. Попов
Киһим улар аҥаар бөтүөнүн иһиккэ иччилээн ордорон кэбистэ. Н. Заболоцкай
[Күндэйэ үрэҕэ] Элгээйи күөллэрин элбэх балыгынан иччилиир. И. Данилов