аат., бот. Таас хайа хайаҕастарыгар, бытархай таастар быыстарыгар силиһинэн тарҕанан хойуу бөлкөйдөрүнэн үүнэр уон икки — уон биэс сэнтимиэтир үрдүктээх папоротниктар кэргэттэригэр киирсэр үүнээйи. Сэбирдэхтэрэ хатыҥ сэбирдэҕинии быһыылаахтар, үстүү-эбэтэр биэстии буолан уһун окко олороллор. ☉ Костенец. Таалдьыт Өлүөнэ баһыгар, Саха сирин киин өттүгэр, Алдан тардыыларыгар таас хайалаах сирдэргэ үүнэр
□ Сыыр таалдьыта. ОВРЯ