туохт. Сүөһүгэ, харамайга бэлиэ оҥор (үксүгэр кулгааҕар). ☉ Ставить клеймо, метку, тавро, клеймить, таврить (животное)
Имниибит диэн ааттаан, ыт кулгааҕын сарбыйыы эмиэ сыыһа. Я. Семенов. Тугут кулгааҕын киһи омос көрдөҕүнэ көстө сылдьар гына имнииллэр. ТНС ОКТК
Бастыҥ табаһыттар саҥа төрөөбүт тугуттарын күнүскү өттүгэр тута имнээбитинэн бараллар. «Кыым»