I
туохт. Илиигинэн эбэтэр күөҥҥүнэн силэй, сыҕай, икки өттүҥ диэки кэҥэтэн биэр (хол., хойуу ыарҕаны). ☉ Руками или всем телом раздвинуть в разные стороны что-л. (напр., густые заросли тальника)
Балысхан байҕалы талайан, Барылыыр бааллары дабайан …… Долгунтан долгуҥҥа күөрэйдэ [тыылаах киһи]. Таллан Бүрэ
Айанньыттар бастакы күннэригэр, хатан хаалбыт бадарааннаах сиргэ үүммүт хойуу баҕайы ньиирээйи талаҕы талайа-талайа быыһылаан айанныыр буоланнар, кэпсэтэр да бокуойдара суох этэ. Ж. Верн (тылб.)
II
даҕ. Олус улахан. ☉ Очень большой
Талай тымтай. ПЭК СЯЯ
Талай ытыс. ПЭК ОНЛЯ I