Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тамаралаа

дьүһ. туохт. Атахтаргын олбу-солбу үөһэ көтөҕөлөөн киэҥкиэҥник атыллаан сүүр (хол., сылгы, тайах). ☉ Скакать, идти галопом, попеременно высоко поднимая ноги (напр., о лошади, лосе)
[Тайах] аҕыйахтык дабыкыс гынаат, үрэх халдьыатын таҥнары тамаралаан киирэн, уолаттары адьас иннилэринэн, куула тыаҕа күлүкүс гынан хаалбыта. И. Федосеев
Оо, тамаралаан түһэн, күтүр [тайах], олуга киэҥин. В. Яковлев
[Роман] сырсыыга баҕас иннин биэрбэтэ — тайах курдук тамаралаан, сорох-сорохторун мастыы ааһыталыыр. Ф. Софронов
Күтүр улахан кыыл [эһэ] киэҥ-киэҥник атыллаталаан, субу тамаралаан кэлбитэ. «ХС»


Еще переводы:

тамаралат

тамаралат (Якутский → Якутский)

тамаралаа диэнтэн дьаһ
туһ. Сотору олбуорун иһигэр тамаралатан киирдэ, Атын кыайан тохтоппокко тула холоруктатта. М. Доҕордуурап
Лэкиэ им сүтэн эрдэҕинэ, Чубукулаах күөлүгэр тамаралатан киирдэ. «ХС»

тамаралас

тамаралас (Якутский → Якутский)

тамаралаа диэнтэн холб. туһ. [Тайахтар] уҥуоргу сис диэки сырсан тамараластылар. «ХС»
Оттон күнү-күннүктээн айаннаан көр эрэ, киэһэтигэр бэйэҥ да билиэҥ суоҕа: хайа ханна баарый били аҥаардастыы сөхтөрөн бугуһуйа тамараласпыттара, арыынан аҕаабыттыы килбэлдьиһэр хара харахтара кыымынан ыһыахтаммыттара. А. Кривошапкин (тылб.)

күлүкүс гын

күлүкүс гын (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Күлүк курдук элэс көстөн аас. ☉ Промелькнуть тенью
Арай, эмискэ болуотум анныгар туох эрэ күлүкүс гынна. И. Данилов
Онтон аҕыйахтык дабыкыс гынаат, үрэх халдьыатын таҥнары тамаралаан киирэн, куула тыаҕа күлүкүс гынан, аҕыйахтык көстөн хаалбыта [тайах]. И. Федосеев
Мин таҥнан эрдэхпинэ, киһим ханна эрэ күлүкүс гынан хаалла. «ХС»