туохт.
1. Таһаалаах буол. ☉ Иметь какую-л. форму (напр., о фигуре человека)
Дуомуна оҕолонон баран, өссө ордук тупсубута. Томтоҕор үрдүк түөстэммитэ, үтүөкэн таһааламмыта. Л. Попов
Кыһынын көтөхтөрбүт табалар оһорсуну сиэтэхтэринэ биллэ-көстө таһааланан, самыылара кэтирээн барар. «ХС»
2. Көстөр иэннээх буол. ☉ Иметь видимую поверхность
Охсуллубут сир халаан уутунуу киэҥ таһааланан килэһийэр. А. Фёдоров
Өлүөнэ толору ууланан томтоһуйар, киэҥ таһааланан килэдийэр. Б. Лунин (тылб.)