Якутские буквы:

Якутский → Русский

тиэр=

1) переворачивать; выворачивать; ырбаахыны тиэр = вывернуть рубашку наизнанку; 2) пахать; сири тиэр = пахать землю.

Якутский → Английский

тиэр=

v. to turn inside out

Якутский → Якутский

тиэрии

тиэр диэнтэн хай. аата. Сир тиэриитэ
□ Кинилэргэ байыаннай дьон сиэптэрин тиэриилэрэ дьиктитик көстүбүт. И. Никифоров
Балай эмэ умса тутан олорон үтүлүгүн тиэриитин имэрийбэхтээтэ. «ХС»

тиэр

I
туохт. Ис өттүн таһыгар ороон таһаар, иһин тас өттүгэр буолар гына эргит. ☉ Выворачивать наизнанку. Ырбаахыны тиэр. Саппыкыны тиэр
□ Төгүрүк сирэйдээх, хара бараан киһи Сүөдэр хармааннарын тиэрэн, дьэҥдьийэн барар. Н. Якутскай
Сиэҕин тиэрэн, суруйуоҕа Олохтоох худуоһунньук. И. Гоголев
II
туохт. Тугунан эмэ (хол., күрдьэҕинэн, булуугунан) сири хаһан таһаар. ☉ Взрыхлять почву, пахать
Бүгүн сирбин тиэрдим Бүтүн киэҥи тэллим. Күннүк Уурастыырап
Бааһына. Тыраахтар Сир тиэрэн барыйар. С. Данилов
Көрдүгэни дириҥник тиэрэннэр Көһүнэн эргийэн күөйэллэр. С. Васильев. Тэҥн. түөр
ср. др.-тюрк. тевир ‘поворачивать’, туркм. чөвүрмек ‘выворачивать, переворачивать изнанку; переворачивать что-л.’

тиэр-маар

  1. сыһ. Туора-маары (хол., үктээ, хаамп). ☉ Неуклюже, нескладно (ходить, ступать)
    Роман кинини көтөҕөн суол устун тиэр-маар үктээтэ. Н. Габышев
  2. даҕ. суолт. Сыыһа-халты, түҥ-таҥ. ☉ Беспорядочно, невпопад. Үүнэ-тэһиинэ суох тиэр-маар барыыбыт бэрээдэктэннэ. «Саха с.»
    ♦ Тиэр-маар (тиэс-маас) эрт — тиэрэни эрт диэн курдук (көр тиэрэ)
    Дархан оҕонньор Намылҕа эмээхсинниин төрөөбүт үрэхтэриттэн арахсыбакка, көҥүл бултаан-алтаан, бүгэн сытаарылар, арааһа, тиэр-маар эрдэн лабаҥхалаатахтара. Софр. Данилов
    Кэлин уһугар киһи итэҕэйбэтин курдук тиэрмаар эрдэн бараллара баар буолуо. П. Аввакумов
    Саҥа олох, холкуос дьаһалын өйдөөбөт аатыран, тиэс-маас эрдэн кубулҕатыраргытын билбэт, ыйдаҥардыбат кырдьаҕас буолбатахпын. «ХС»

Еще переводы:

распашка

распашка (Русский → Якутский)

ж. (сири) тиэрии, хорутуу.

пропашка

пропашка (Русский → Якутский)

ж. с. х. хорутуу, тиэрии.

взмёт

взмёт (Русский → Якутский)

м. с.х. кетеҕүү, тиэрии, хорутуу; взмёт зяби күһүҥҥү паары кетеҕүү.

электровспашка

электровспашка (Русский → Якутский)

электрическэй хорутуу (электричество күүһүнэн үлэлиир тракторынан сири тиэрии.)

отворот

отворот (Русский → Якутский)

м. тиэрии, тиэрэ түһүү; блузка с широкими отворотами кэтит тиэрэ түһүүлээх булууһа.

развод зубьев

развод зубьев (Русский → Якутский)

хардарыы (быһар инструмент тиистэрин тиэрии а. э. уҥа-хакас хардары-таары өҕүлүннэрэн кыбыллыбакка үлэлиир гына оҥоруу.)

разводка пилы

разводка пилы (Русский → Якутский)

эрбии тииһин тиэрии, хардарыы (эрбии тииһин аалан эбэтэр хардары-таары өҕулүннэрэн үлэлииргэ бэлэмнээһин.)

вспашка

вспашка (Русский → Якутский)

сири тиэрии, хорутуу (сири танас-тааһын сүрүн көрүнэ: кырыһы силис тобохтору, сыыс оттору суханан тиэрэ эргитии, үлтү сүргэйэн бытарытыы.)

глубина вспашки

глубина вспашки (Русский → Якутский)

сири хорутуу диринэ (сири тиэрии төһө дириҥник оҥоһуллара. 13-18 см халыннаахтык тиэриини чычаас, 20-22 см буоллаҕына сөптөөх, онтон халыны дирин хорутуу дэнэр. С. х. д. үүнүүнү ылыыга сабыдыаллыыр.)

тураҥныйыы

тураҥныйыы (Якутский → Якутский)

тураҥный диэнтэн хай
аата. Алаас кырсын тиэрии кэлин бааһыналар тураҥныйыыларыгар эбии төрүөт буолбут. ГКН КК
Планета араас муннугар туһалаах сир кумахтыйыыта, тураҥныйыыта салҕана турар. «Кыым»