Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тиэриллэҥнээ

туохт., сөбүлээб. Кимиэхэ эмэ киэбир, аанньа ахтыбаттык сыһыаннас. Чваниться, относиться к кому-л. пренебрежительно, вести себя высокомерно
«Холуочуйан тиэриллэҥниир быһыылаах», — Коля Никитин оронун оҥосто-оҥосто хардарбыта. Далан
Ньүдьү-балай тойон өссө да тиэриллэҥниириттэн олус кыһыйдым. П. Аввакумов
Эн баҕас, баҕа, чоху булчута, Туох уобардаах буолаҥҥын тиэриллэҥниигин? Ф. Постников


Еще переводы:

тиэриллэҥнэс

тиэриллэҥнэс (Якутский → Якутский)

тиэриллэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Уолаттар тиэриллэҥнэһэллэр

бэйэтэ дуо

бэйэтэ дуо (Якутский → Якутский)

көр бэйэтэ дуу
Ол отут аҕыс сыллааҕыта эппитин-тыыммытын, киэбирэн тиэриллэҥнээбитин умнубута буолуо дии саныыр бэйэтэ дуо? Софр. Данилов
Икки атахтаах Эт тылынан Этэн кээспит бэйэтэ дуо? С. Зверев
Эмиэ мин курдук, үөрэҕэ суох, хара үлэһит буола сылдьыах бэйэтэ дуо? В. Протодьяконов