Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тиэрэй

дьүһ. туохт. Атахтаргын аһара тиэрэ үктэнэн түргэнник хаамп. Ходить, быстро ступая навыворот. Эмээхсин дьиэтин диэки тиэрэйэ турда


Еще переводы:

тиэрэлдьий

тиэрэлдьий (Якутский → Якутский)

тиэрэй диэнтэн арыт
көстүү. [Бухатыыр] ньохчоллубут көҕүстээх, кыпсыллыбыт сотолоох, тиэрэлдьийбит уллуҥахтаах. ПЭК ОНЛЯ III

тиэрэҥэлээ

тиэрэҥэлээ (Якутский → Якутский)

тиэрэй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Оҕонньор таҥхаччы туттан, дайаччы дайбаан, тиэрэҥэлии турда. Болот Боотур

тиэрэҥнээ

тиэрэҥнээ (Якутский → Якутский)

тиэрэй диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Биһиги дьон Тиэрэҥнээбит сирбитигэр Чөркөй сымыытын курдук Үрдүк сөлөгөйү Чөллүргэччи түһэрэ тур! Саха фольк.

тиэрэс гын

тиэрэс гын (Якутский → Якутский)

тиэрэй диэнтэн көстө түһүү. Оҕонньор дьиэҕэ тиэрэс гына түһэн, таҥараҕа үҥэн, сатаан кириэстэммэккэ ханньары ууран сапсыырдаата уонна дорооболоһон дайбаҥнаата. Эрилик Эристиин