Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тобох-ибэх

аат. Туох эмэ дуона суох ордон хаалбыта. Отходы, отбросы, ничтожные остатки чего-л. [Тобохов:] Чэ, кэм тобох-ибэх баар ини. Л. Габышев
Кыргыттар сиилэс тобоҕун-ибэҕин хостоһо сылдьар этилэр. Н. Заболоцкай
Көлүүр табалара айаннаан иһэн хабыалыыллар, тобоҕу-ибэҕи хомуйаллар. С. Курилов (тылб.)


Еще переводы:

хатарын

хатарын (Якутский → Якутский)

хатар I диэнтэн бэй
туһ. Тайах этин Хатарынан, Талыы бастыҥ Ыһыктанаар. Эллэй
Кэлэр айаҥҥа-сырыыга дэлэччи илдьэ сылдьар эт бөҕөнү хатарыннылар. Н. Лугинов
[Ыстапаан] сиргэ ыһык гыныам диэн тобох-ибэх килиэби хатарыммыта ыраатта. КФА СБ

бычыахтаа

бычыахтаа (Якутский → Якутский)

туохт. Кыра-кыратык элбэх төгүл таһый, таһымнаа (хол., уу туһунан). Выступать, переливаться через край понемногу, но многократно (напр., о воде из русла реки при разливе)
Бассыайын тобох-ибэх хаара эмискэ ирдэ, сөҥмүт туус үрдэ килэгир уу буолан хаалла, онуоха эбии үрэх уута бычыахтаан, бассыайыны өҥөйтөлөөтө. У. Нуолур
Көҥүл уста турар сааскы халаан уутун туора быһыттаан кэбистэххэ, мотуок дэбилийэн тахсан, быһыты таһынан охсоору бычыахтыыр. В. Яковлев