туохт.
1. Уойан-тотон истэн, ынаҕар истээх буол. ☉ Иметь пузо, стать пузатым
Тойон киһи Томтоҕор оһоҕостонно, Толуу куҥнанна, Тойбоҕор быһыыланна. Өксөкүлээх Өлөксөй
2. кэпс., харыс. Хат буол. ☉ Стать беременной, брюхатой
[Ойох буолан] Мотоҕор оһоҕостонон, Тэрэгэр эмиийдэнэн, Мэтэгэр бэйэлэнэн. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оһоҕостонон хаалан, үөрэхпиттэн уурайан, биир сыл академическай ылан, төрөппүттэрбэр тахсан олорбутум. И. Егоров
Кини [Мила] биирдэ өйдөөбүтэ оһоҕостонон хаалбыт этэ. «ХС»