Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тордоох

I
даҕ. Уот төлөнүнэн, буруотунан хараардыллыбыт (бэчээт). Закопчённый на пламени, в дыму (напр., о печати)
[Кирииллиннэр] Бу ыал буолбуттарын туоһулуур Дархан өрөпкүөмүн тордоох бэчээттээх кумааҕытын биэрэн туран, Сиэллээх чороонноох кымыһынан айах тутабын. Л. Попов
Кубархай, кир иҥмит. Бледный, грязный
Тордоох ньууру Тоҕута охсуһар …… Чомпо сүллүгэс Манна баар эбит. П. Ойуунускай
II
даҕ. Кытаанах, ньалҕаархай, халыҥ (кумааҕы, хордуоҥка). Твёрдый, глянцевый, толстый (о бумаге, картоне)
Хаҥас өттүгэр үс бастаах өксөкү эмбилиэмэлээх тордоох лиис кумааҕыны тэниччи тутан остуолга бэркэ сэрэнэн уурда. П. Филиппов
Саатар уонтан ордук бэчээтинэй лиистээх кэнники кинигэтэ тордоох хордуоҥканан тастаныах эбит. К. Уткин
Тордоох халыҥ уонна ньалҕаархай кумааҕы сатаан килиэйдэммэт. ПАК КСТК
ср. бур. тортог ‘копоть, нагар’