Якутские буквы:

Якутский → Якутский

торуй

туохт.
1. Тугу эмэ көннөр, оҥор. Выправлять что-л. Ол ууну булара буоллар, Тоҕус сыл сытыйан Тоһуттубут уҥуохтары Торуйуох этэ. П. Ойуунускай
Торуйдум ис киирбэх дьыалабын, Кэннибэр хааллардым түбүкпүн. М. Карим (тылб.)
2. көсп. Бүтүннүү күлүктээ. Заслонять полностью
Кини көрөрө …… уу икки өттүнэн бысталамына торуйар хайалары. УАЯ А
3. көсп. Кими эмэ дьарыйан тохтот. Обуздывать, сдерживать кого-л. [Киһиргэс, оттомо суох, уоруйах саллааты] утары көрөн, торуйуохха айылаах биһиги ортобутугар дэбигис бааччы суох курдуга. ВА
4. көсп. Сааһыр, кырый. Стариться, стареть
Кини торуйан барбыта. ПЭК СЯЯ
ср. монг. дорой ‘слабый, неспособный; измождённый’, тор ‘быть удерживаемым’