Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тохтуу

тоҕун диэнтэн хай
аата. Бурдукпут тохтуута, Буһуута, куотуута Хойутаан хомуйар буоларбыт. Күннүк Уурастыырап
Ханан эмэ хаалыы, тохтуу син биир баар. Н. Лугинов
[Гаврил Нилович:] Сүүрбэ биэс буур табаны, атын туох даҕаны тохтуу тахсыбатаҕына, баар гыныам. Суорун Омоллоон
Хаан тохтуулаах — өлүүлээх-сүтүүлээх (охсуһуу, сэрии). Кровопролитный (о войне)
Улахан хаан тохтуулаах охсуһуу кэнниттэн биһиги пуолкабыт олус күчүмэҕэй балаһыанньаламмыта. И. Никифоров
Хаан тохтуулаах кыргыһыы буолбута. А. Олбинскай
[Дьону] Кулуттааһыннаах тутул …… хаан тохтуулаах сэриилэргэ умса анньыбыта. КФП БАаДИ

тохтоо

туохт.
1. Тугу эмэ гынаргын уурат, уурай. Прекратить какое-л. действие, перестать делать что-л. [Ааҕа олорон, оҕолорго] Оксана тохтоон, кыайарынан быһааран биэртэлиирэ. Суорун Омоллоон
Тоттук тойтоон тойотторбут Тохтоон, тостон тураллар. Күннүк Уурастыырап
Туох буоллугут, дьонноор? Тохтооҥ! И. Гоголев
2. Айаннаан, баран иһэн, турунан кэбис; ханна, туохха эмэ кэлэн тур. Прервать движение в пути, остановиться
Сыарҕалаах ат тохтоото. Амма Аччыгыйа
Сеня, киин болуоссакка чугаһаан иһэн, тохтоон, умса көрөн турбахтаата. Н. Лугинов
Кыыс туһугар тиийэн баран, тохтоото. Т. Сметанин
Хантан эмэ ханна эмэ кэлэн, быстах олохсуй, олохто булун. Временно расположиться, поселиться где-л. по приезде куда-л., остановиться где-л. Сиидэрэп саҥардыы холбоспут ойоҕунуун …… оскуолаҕа тохтообуттар. Амма Аччыгыйа
Сэргэчээн, Торопууҥҥа тохтоотуҥ дуу? Болот Боотур
Билигин ити сиргэ куба тохтообот. АЛА КК
3. көсп. Оҥхой буолан баһыллан, олорон хаал (ууну этэргэ). Стоять (о воде в низинах)
Уу тохтообут сиригэр уу тохтуур, тыл хоммут сиригэр тыл хонор. М. Попов
Тырансыайаны уу тохтообот сиригэр, сыыр быарыгар туппуттара. САӨБ
4. көсп. Сүгүн-саҕын биир сиргэ (хол., дьиэҕэр) олорума, кэлэ-бара сырыт (буолб. ф-ҕа тут-лар). Не оставаться долго в каком-л. месте (напр., дома)
Дьиэтигэр тохтообот, хоммот буолбута ыраатта. А. Сыромятникова
5. көсп. Туох эмэ туһунан этэргэ болҕомтону туохха эмэ ордук хатаа, бэлиэтээ. Излагая, обсуждая что-л., задержаться, остановить внимание на чём-л. [Аркаадьый Миитэрэйэбис дакылаатыгар] агрохимическэй дьаһаллары олоххо киллэрэр наадалааҕын туһунан киэҥник тохтоото. М. Доҕордуурап. Бэйиэт мөкү быһыы элбэҕэр тохтуур. АЛА АҮө. Мин сүөһү аһылыгын баасатын туһунан боппуруоска тохтуохпун баҕарабын. ВБТ
Кута-сүрэ тохтообот көр кут-сүр
[Боллоорутталаах дьиэлэрэ] хайдах эрэ киһи тэһийбэт, кута-сүрэ тохтообот тоҥуй дьиэтэ. Амма Аччыгыйа
[Бу оскуола алааһа] киһи кута-сүрэ тохтообот чуҥкук сирэ этэ. С. Никифоров
Биһиги биир иччитэх дэриэбинэҕэ, киһи кута-сүрэ төрүт тохтообот буолбут сиригэр, тиийэн кэлбиппит. ВА
Санаата тохтуур (хонор) көр санаа II. Чаһыы Ньукууһаҕа санаата тохтуур. М. Чооруоһап. Суол ортотугар тохтообут сөбүлээб. — тугу эрэ балайда оҥорон баран, салҕаабат, ситэрэн түмүктээбэт. Останавливаться на полпути
Киһи санаата, киһи ырата итинник суол ортотугар тохтоон хаалыа үһү дуо. В. Яковлев

Якутский → Русский

тохтоо=

останавливаться; переставать; тохтоо! стой!; подожди!; суолга тохтоо = остановиться на дороге; тыал тохтообут ветер утих; үлэбиттэн тохтоотум а) я прервал работу; б) перен. я уволился с работы; ыллаан иһэн тохтоон хаалла он начал петь и замолк; кыһыҥҥы да тымныыга үлэ тохтообот работа не прекращается и в зимние морозы.

Якутский → Английский

тохтоо=

v. to stop; тохтобул n. stop (for a bus, rest, etc.)


Еще переводы:

помолчать

помолчать (Русский → Якутский)

сов. саҥарыма, (саҥарбакка) тохтуу түс; помолчим немного саҥарбакка тохтуу түһүөх.

погодя

погодя (Русский → Якутский)

нареч
тохтуу түһээт, чочумча буолан баран

куугунаамахтаа

куугунаамахтаа (Якутский → Якутский)

куугунаа диэнтэн тиэт
көрүҥ. Тохтуу-тохтуу, киэҥ үрэх уҥуоргу сиһигэр тыал наҕыллык куугунаамахтаан ылыталыыр. Амма Аччыгыйа

чоҥхой

чоҥхой (Якутский → Якутский)

чоҥолох диэн курдук
Чоҥхой алаас толоонугар Тохтуу түһэн уоскуйуох. Эллэй

погодить

погодить (Русский → Якутский)

сов. разг. тохтуу түс, көһүтэ түс; погоди, я до тебя доберусь! тохтуу түс, бэйи, мин эйиэхэ тиийиэм!; # немного погодя тохтуу түһэн баран.

ньаҕырҕаамахтаа

ньаҕырҕаамахтаа (Якутский → Якутский)

ньаҕырҕаа диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кини кэнниттэн кыра ыт тохтуу-тохтуу ньаҕырҕаамахтаата уонна эмискэ ах барда. Болот Боотур

хаардаталаа

хаардаталаа (Якутский → Якутский)

хаардаа 1, 2 диэнтэн төхт. көрүҥ. Бу күннэргэ таһырдьа тохтуу-тохтуу, хаардаталаан ылар. Эһэтэ аара баар сохсолорун хаардаталаата

бытыгынай

бытыгынай (Якутский → Якутский)

дьуһ. туохт. Түргэнник кыараҕастык атыллаан хаамп (хол., чыычаах туһунан). Семенить ножками (напр., о птичках)
Биир чыычаах тохтуу-тохтуу, кини [Тогойкин] диэки сүүрэн бытыгынайбытынан барда. Амма Аччыгыйа

ибиирбэхтээ

ибиирбэхтээ (Якутский → Якутский)

ибиир диэнтэн тиэт
көрүҥ. Маҥнай тохтуу-тохтуу бытархай самыырынан ибиирбэхтээн иһэн бөдөҥ таммахтарынан курулаччы кутан барда. Н. Лугинов
Ардыгар быстах самыырынан ибиирбэхтээн ааһаллар. П. Аввакумов

иикэрэ-сиикэрэ

иикэрэ-сиикэрэ (Якутский → Якутский)

даҕ. Бытархай таммахтарынан биллэ-биллибэттик, тохтуу-тохтуу түһэр (ардах туһунан). Мелкий и прерывистый (о дожде)
Иикэрэ-сиикэрэ ардахтаах киэһэ биир уостаах туурка саатын ылан, соҕотоҕун барбыта. И. Сысолятин