- даҕ.
- Кимтэн эмэ төрүттээх, хантан эмэ удьуордаах. ☉ Имеющий какие-л. корни, принадлежащий к какому-л. роду
Ытык үүнүү ыччатабын, Төрүт ас төрүөҕэбин: Аҕам араҕас сэлиэһинэй, Ийэм симии хортуоска — Дуолан улуу туймуулардаах этим, Киэҥ кэтит кэскиллэрдээх этим. С. Зверев
Туохтан туймуулаах, Кимтэн кииннээх Халлаан даллан өксөкүтэ Таҥнары сабардаатыҥ диэтэргин, …… Уйуллаан Куо тус бэйэбинэн Суо-бараан соруктанан кэллим. П. Ядрихинскай - Тугу эмэ быһаарар, сүрүн. ☉ Главный, ключевой, решающий
Чэ, ону чахчы өйдөөх ыччат, туймуулаах түмүккэ кэлэн, көннөрүнүө буоллаҕа. С. Дадаскинов
Дархан сахалар түүлээх чөмчөкөлөрүн иһигэр туох-ханнык туймуулаах толкуй, сарбыдахтаах санаа буһан маннык түмсэргэ моһуйда? «ХС» - аат суолт. Олус суолталаах, кэскиллээх тыл-өс, санаа. ☉ Очень важные, значимые слова, мысли
Төлкөлөөҕү түөспүттэр, Туймуулааҕы туойбуттар, Хойуккуну хоһооннообуттар. Күннүк Уурастыырап
[Кырдьаҕас дьахталлар] Ол ыарахан мүнүүтэҕэ, Ол тиһэх сөкүүндэҕэ Тугу эрэ тобулан сүбэлиэхтэрэ, Тугу эрэ туймуулааҕы этиэхтэрэ. Н. Босиков
Якутский → Якутский
туймуулаах
Еще переводы: