Якутские буквы:

Якутский → Русский

туордаа=

пустить с торгов что-л.

Якутский → Якутский

туордаа

туохт., эргэр. Тугу эмэ аукциоҥҥа таһааран атыылаа. Продавать с аукциона, пустить с торгов что-л. Үс төгүл дайыымкаланнаххына, сүөһүлэргин ылаллар уонна туордууллар этэ. Саха сэһ. II
Өсөһөн олорбут дьону, олбу туттар тэриллэрин, иһиттэринхомуостарын туордаатылар. Н. Босиков


Еще переводы:

туордас

туордас (Якутский → Якутский)

туордаа диэнтэн холб. туһ. [Уһун Сэмэн:] Былыргы курдук, аны дьаамы туордаһан ылар диэн суох эбээт. «ХС»

туордат

туордат (Якутский → Якутский)

туордаа диэнтэн дьаһ
туһ. Быыпсай Байбал урукку кыра иэһигэр олоҕуран, Дьадаҥы Дьаакып баар-суох сүөһүтүн туордатар. Н. Заболоцкай

туордан

туордан (Якутский → Якутский)

туордаа диэнтэн атын
туһ. [Кулуба:] Икки нэдиэлэ иһигэр бу кырдьаҕас иэһин харчынан булан төлөөбөтөххүнэ, ити суруллубут сүөһү туорданыа. А. Софронов
1930 сыллаахха аһыллыбыт оскуола Антонов кулаак туордаммыт дьиэтигэр оҕолору түммүтэ. «ХС»