Якутские буквы:

Якутский → Якутский

турантай

даҕ. Уһун илиилээхатахтаах, үрдүк уҥуохтаах, унньугур (киһи). Высокий, долговязый (о человеке)
Уһун турантай уоллаах, кылгас бээгэй кыыстаах хотун дьахтар эҥээрин нэлбигирдээн олорор үһү (тааб.: оһох, буруо, кыым). Туохтан үөрэрий бу салгыҥҥа хаппыт-куурбут сирэйдээх турантай киһи? Н. Габышев
Тириитэ сараланан хаалбыт, токуруйа сытыйбыт муруннаах биир турантай киһини өйдүүбүн. А. Гайдар (тылб.)


Еще переводы:

дьэргэс

дьэргэс (Якутский → Якутский)

I
дьэргэй диэнтэн холб. туһ. Үүт маҥан эрэһиэҥкэ олбуордар дьэргэһэн көһүннүлэр. М. Доҕордуурап
Көр, ити үҥкүүһүт уолаттар …… Күөрчэх ойууннуу эргийэн, Көтүөлээн дьэргэһэн бардылар. М. Ефимов
Маҥнайгы сүүрээннэр Оо, мэниктэриэн, Сир аайы сүүрэннэр Дьэргэспиттэриэн. И. Эртюков
II
даҕ. Түргэн туттунуулаах, олус сэргэх. Живой, подвижный, быстрый
Хаан өһөх Тимир дьэргэс Уһун турантай Сордоох суодалба хара Тойон сэргэ буоламмын …… Таҥнары ыһыытаатахпына Төһө улахан Сэттээх-сэлээннээх …… буолуой! Күннүк Уурастыырап
Дьэ эрэ, уолуктас уолаттар, сэттэ дьэргэс кыргыттар, ойуҥкөтүҥ, аста-үөллэ тардыҥ. А. Сыромятникова