Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тыбыгырай

тыбыгыраа диэн курдук
Быһый атах күөх кырыска чэпчэки-чэпчэкитик дугуммахтаан субу кэннигэр тыбыгырайан кэллэ. Софр. Данилов
«Оо, дьээдьэ, дьээдьэ кэллэ», — диэбитинэн үстээх-түөртээх Кешик диэн уол сүүрэн тыбыгырайан таҕыста. ЖЕ ИОК
Кырдьаҕас эмээхсин хааман тыбыгырайда диир алҕас буолуо, кыыс тыбыгырайыа эбитэ буолуо. «Кыым»


Еще переводы:

сырк гын

сырк гын (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Туох туохха эрэ чэпчэкитик, кылгастык аалсан ылар тыаһын таһаар. Произвести лёгкий шорох
Дурдаҕа …… олорон кус сырк гына түстэҕинэ, …… сүрэҕиҥ тэптэҕиэн! Далан
Кирилиэһинэн …… киһи тыбыгырайан түһэн, ойоҕоспунан сырк гынан ааста. «ХС»

хотоҥнос

хотоҥнос (Якутский → Якутский)

I
хотоҥноо диэнтэн холб. туһ. Тыалтан тэтиҥнэр хотоҥноһо хамсыыллар
II
даҕ. Иэҕиллэ токуруйар, өҕүллэҥниир, кэдэйэр. Прогибающийся, выгибающийся, гнущийся
[Чаара] түүппүлэлэрин сулбурута тэбээт, хотоҥнос үөт устун, икки илиитин даллатан, сүүрэн тыбыгырайан, уҥуор баар буола оҕуста. Софр. Данилов

тымтай

тымтай (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Ону-маны (хол., балыгы) угарга, сүгэ сылдьарга аналлаах ньолбуһах түгэхтээх хаптаҕай туос иһит (сороҕор тиит тырыыҥкаларынан хатыллан оҥоһуллар). Берестяная или плетёная из лиственничных лучин посудина овальной формы для хранения или перевозки чего-л. (напр., рыбы) на плечах
Баанча тыыны хомус быыһыгар тардан соһон таһаарда, соболору тымтайга сүөкээн баран, сүгэн кэбистэ. Л. Попов
Аҕам оҕонньор эрэйдээх …… Аччыгый тымтайын сүгэн, Атах сыгынньах тыбыгырайан, Иэримэ дьиэтигэр кэлэрэ Иһиллэн ааһара буолаарай? С. Васильев
Кып-кылабачыгас хатырыктаах, лэп-лэһигирэс бөдөҥ соболор тымтай иһигэр мөхсөн өрө лаһыгырайа сырыттылар. И. Сосин
Саар тымтай — улахан тымтай. Большая берестяная или плетёная посудина
Соһуйуом иһин, [аҕам] күтүр улахан саар тымтайы ылан, миэхэ туттаран кэбистэ. С. Тумат. Сарт тымтай — тиит тырыыҥкаларыттан хатыллан оҥоһуллубут тымтай. Посудина овальной формы, сплетённая из лиственничных лучин
Балыксыт оҕонньор эрэйдээх, Унаар-тунаар хочолоох Киэҥмичээр эбэкээм, Сарт тымтайым сыыһын Сахсаччы сүгэн туран, Көрдөһөбүн эйигиттэн. Саха нар. ыр. II
Ынах этэрбэстээх, …… сарт тымтай сүгэһэрдээх кини аҕата Нэк Ньукулай бүтэй аанын сүллүгэһин түһэрэн, киирэн эрэр эбит. В. Протодьяконов
Биһиги ити курдук кэпсэтэ, сэлэһэ олордохпутуна, таһыттан сарт тымтайы мадьаччы сүкпүт Махсыын киирэн кэллэ. А. Бэрияк. Сүлүүдэлээх тымтай — оһуордаах ойо быһыытын анныгар сүлүүдэлээх, хаппахтаах ньолбуһах туос тымтай. Овальная берестяная коробка с крышкой, украшенная прорезными насечками, проложенными слюдой. Сүлүүдэлээх тымтай — ньолбуһах айахтаах, туос хаппахтаах, ойо быһыы ойуутун аннынан сүлүүдэ кыбытыылаах. НБФМУу СОБ. Чарт тымтай — тас өттүнэн мас тырыыҥкаларынан бөҕөргөтүллүбүт туос тымтай. Берестяная посудина, снаружи обложенная для крепости деревянными дощечками
[Лэглээрдээх] чарт тымтай түгэҕэр ньаҕаһа мундуну аҕалбыттар. Амма Аччыгыйа
Абарбыт көрүҥнээх Томороон эрчимнээхтик дабдылыйан кэлэн, биир маһы ылан, тыастаахтык чарт тымтайга «сарк» гына бырахта. Болот Боотур. Чарт тымтай — тиит мас тымтыгынан өрөн оҥоһуллубут тымтай. Н. Саввин. Тэҥн. тымтык ‘лучина’ < тымтаа ‘разгораться’
ср. тюрк. тамыз ‘зажечь огонь’