Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тэбиэһиннэр

тэбиэһин диэнтэн дьаһ. туһ.

тэбиэһин

туохт.
1. Кыраттан кыыһыр, тымытын. Вспылить, разгневаться от чего-л. незначительного
[Кыыс Кыскыйдаан:] Үрүҥчэй субалаах Үтүөкэн барахсан Үөскээтэ диэхтээннэр, Ороммор уордайан Охсуһар буолбутум, Тэллэхпэр тэһииккээн, Тэһийэн сыппакка Тэбиэстэр буолбутум. П. Ойуунускай
Тимэх саҕа бэйэтэ Тэргэн курдук эһиннэ, Дэлби барда, тэбиэһиннэ, Көрдөһүүлээх эрэйдээҕи Көбдьүөрүйэ көбүөлээн, Көрүдүөргэ көҥүл үүрдэ. Күннүк Уурастыырап
Пётр Ильич, уокка арыыны куппуттуу, тэбиэстэн турбута. Р. Баҕатаайыскай
2. Туохтан эмэ эр ылан, эрдийэн эбии сэтэрэн, күүһүрэн биэр (хол., ырыа). Усиливаться, раззадориваться (напр., о пении)
Хайҕалтан быыппаста тэбиэстэн, Харса суох барыма, Сирииттэн сүөм түһэн, Сэнэнэ санаама. Күннүк Уурастыырап
Дьикти отуу иһиттэн Дьиэрэйэр кыыс ырыата, Гитараттан тэбиэстэн, Кылыһахтаан ыраатар. Р. Баҕатаайыскай
Таас биэрэгин сынньа, ууруу, Индигир устан дьэргэйэр. Киэҥ үөһэ, эмньик кулуннуу Тыалтан тэбиэстэн, өрө түллэр. Н. Босиков