- тэллэй I диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Билиги эмээхсин эрэйдээх сэһэргээн быллаҥныы, тэллэҥнии олороро бу баарга дылы. Өксөкүлээх Өлөксөй
Аҕатын ытаабыт уоһа тэллэҥниир, ийэтин хараҕын уута иҥинэн таҥнары сүүрэр. М. Доҕордуурап
[Тойон] кимнээх ханан, хайдах киирэллэрин ыйан эттээх алын уоһа тэллэҥнээтэ, көрөн-истэн чолболдьуйда. П. Филиппов - Бытааннык, сүһүөҕэ суохтук икки өттүгэр иэҕэҥнээн хаамп. ☉ Идти, брести медленно, размеренно пошатываясь, покачиваясь
Тээллэриис, сөбүлээбэтэхтии туттан, тэллэҥнээн кэллэ. И. Гоголев
[Отчут Окоос оҕонньор] тыаһа-ыма суох хааман тэллэҥнээн баар буолан хаалбытыттан соһуйдулар. А. Сыромятникова
Бу сааты-сууту! Итирэн тэллэҥнии сылдьан Керемясовка түбэстэ. «ХС»
Якутский → Якутский
тэллэҥнээ
Еще переводы: