Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тэтимнэн

тэтимнээ диэнтэн бэй
туһ. Үлэ хаһааҥҥытааҕар да ордук тэтимнэнэр, аҕыраабат-уостубат күүстэнэр. А. Фёдоров
Билиҥҥи тустуу олус түргэн тэтимнэннэ. Е. Неймохов


Еще переводы:

бирдьигинэс

бирдьигинэс (Якутский → Якутский)

бирдьигинээ диэнтэн холб. туһ. Өтөр-өтөр хара лааҕынан килбэчийэр, чоху көхсүнүү быһыылаах-таһаалаах, массыыналар бирдьигинэһэн ааһаллар. Е. Неймохов
Таһырдьа тахсан хаама сылдьар киһитинээҕэр массыыната үгүс, субу-субу, суол алдьанаары ыксатан, кэлии-барыы тэтимнэммитин биллэрэрдии тиэтэйэн, бирдьигинэһэн ааһаллар. «ХС»

көрдөнүлүн

көрдөнүлүн (Якутский → Якутский)

көрдөө диэнтэн атын
туһ. Кини [тыл] мүөтэ-саахара Көмүс курдук көрдөнүллэр. Күннүк Уурастыырап
Билиҥҥи тустуу олус түргэн тэтимнэннэ, бөҕөс хапсыһыыга киирдэ да сыламтата суох биир да түгэн тохтообокко харса суох атаакалаан иһэрэ көрдөнүллэр. НЕ ТАО

сууххамсый

сууххамсый (Якутский → Якутский)

туохт. Түргэнник оҥоһулун, сыыдам тэтимнэн (ханнык эмэ үлэ туһунан этэргэ). Быстро завершаться, иметь высокий темп (о какой-л. работе)
[Миитэрээс] кэлбититтэн кыыс кыбыһынна быһыылаах, отун мунньара сууххамсыйда. Н. Түгүнүүрэп
Суолаттан иҥнэн бэрэбиэстэнии, күнү ыытыы уурайбыта. Үлэ-хамнас эбии сууххамсыйбыта. АИА КХО