Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тээҕилээ

туохт. Кими, тугу эмэ тугунан эмэ сөбүлээбэккэ сир, сыыйан туорат. Браковать, отвергать когочто-л.
Оттон ити кыыспыт тугуй, тоҕо тээгилээтиҥ? У. Нуолур
Урукку сэбиэдиссэйдэр, кини курдук тээҕилээбэккэ, бириинчиктээбэккэ оту аҥаар уһугуттан туталлара. Л. Габышев
Хас биирдии нэһилиэк сирдэрин кыралар, бытархайдар эҥин диэн мыыммакка, тээҕилээбэккэ эрэ, суруйан ылыахха наада. Багдарыын Сүлбэ
Халбаҥнаа; тугу эмэ саарбахтаа. Проявлять нерешительность, колебаться; сомневаться в чём-л.
Тэрэнтэй мүчүҥнүүр, иҥнэҥниир, Тээҕилээн турбахтыыр, тэпсэҥниир. С. Тимофеев


Еще переводы:

тээҕилэн

тээҕилэн (Якутский → Якутский)

тээҕилээ диэнтэн атын
туһ. Сэриигэ күөмэйинэн тээҕилэнэн барбакка хаалбыта. «Чолбон»

тээҕилэс

тээҕилэс (Якутский → Якутский)

тээҕилээ диэнтэн холб. туһ. Кинилэр ааныттан да сэрэнсэ, тээҕилэһэ барбатахтар. Н. Абыйчанин