Якутские буквы:

Якутский → Якутский

түүллээх-биттээх

  1. даҕ. Түһээн, биттэнэн инникини билэр, билгэлиир идэлээх (киһи). (Человек,) предугадывающий что-л. по сну, по каким-л. приметам
    Сыҕаайап кинээс, Суор ойуун, хас да бэрт түүллээх-биттээх оҕонньоттор «Умайар уот кураан кэллэ, өлүү буолла» диэн билгэлииллэр. Амма Аччыгыйа
  2. аат суолт. Түһээн, биттэнэн инникини билэр, билгэлиир идэлээх киһи, көрбүөччү (үксүгэр э. ахс. тут-лар). Тот, кто может провидеть по сну и приметам, провидец (обычно употр. во мн
    ч.). Бэрт үгүс кыра ойууттар, түүллээхтэр-биттээхтэр, көрбүөччүлэр бааллар. Амма Аччыгыйа
    Күндүлү көһөрүү табыллыбатаҕын түүллээхтэр-биттээхтэр туспа быһаарбыттара. Күннүк Уурастыырап