Якутские буквы:

Якутский → Якутский

түүрэйдэн

  1. түүрэйдээ диэнтэн атын. туһ. Оҕону онно-манна чүүччэйэн көрдүү сатаабыттар да, булбатахтар, ааранан буруйа суох дьон түүрэйдэммиттэр. П. Аввакумов
  2. кэпс. Кыыһыран, киҥнэнэн сирбиэтэн. ☉ Бурно проявлять гнев, ярость, судорожно двигаясь, дёргаясь всем телом
    Аарыма улахан Адаарыйбыт баҕайы …… Өлөрүн да кэрэйбэккэ үлүскэнник мөхсөн, Төбөтүн маска сабыы-сабыы, Түүрэйдэнэн, дьүһүлэнэн Муоһунан-туйаҕынан Буору-сири булкуйан, Иннигэр түбэспити барытын Иэмэх курдук эрийэн Ииримтийэн эрэр эбит. Н. Ефремов