даҕ., кэпс. Түүлгэ эрэ көстүөн сөптөөх, түктэри куһаҕан. ☉ Безобразный донельзя, уродливый
Түһээтэхтээҕи дьон курдуктар, айахтарын муҥунан күлсэн алларастаһаллар. Р. Баҕатаайыскай
Таҥас-сап, дьүһүн-бодо ынырык, букатын түһээтэхтээҕи дьон курдуктар. В. Яковлев
Бу үтүөкэннээх дьиэбит тэлгэһэтин иһигэр киирбитим, доҕоор, дьэ дьаабы, түһээтэхтээҕи дойду диэн манна баар эбит. «Кыым»