аат. Түөн ууран эмтиир киһи. ☉ Специалист по прижиганию трутом, моксой
Эбээ Маайа — түөнньүт. С. Маисов
Киһи дьарҕатыгар түөнньүт ыалдьар киин сирин булар уонна кыаны саҕан, ыарыы киинигэр уурар. ФГЕ СТС. ТҮӨНЭ даҕ., фольк. Чүөччэрдии төгүрүк быһыылаах. ☉ Округлый, округлой формы
Түөнэ чопчу төбөбүнэн Түһэн төрөөбүтүм баар этэ. С. Зверев
Төлкөлөөх түөнэ маҕан түөрэх, Тэхтиргэ тэптэрэр, Очурга оҕустарар буолаайаҥыный! Туску-уо!.. Өксөкүлээх Өлөксөй
Түөнэ маҕан түһүлгэбин тартым, Дьиэрэ дархан олохпун тэрийиҥ. Саха сэһ. 1977