Якутские буквы:

Якутский → Якутский

төтөллөөх

даҕ. Бэйэтин кыайан туттунар, тулуйан-тэһийэн сылдьар, тулуурдаах (буолб. ф-ҕа тут-лар). Терпеливый, выдержанный (употр. в отриц. ф.)
Хаан кылгас тылын кэнниттэн төтөлө суоҕунан аатырбыт Хасар ойон турда: «Аны уруккулуу олорор сатаммат». Н. Лугинов
Бэргэн …… атын дьоҥҥо холуйдахха турбут-олорбут, төтөлө суох, …… күүстээх-уохтаах киһи этэ буоллаҕа. Н. Босиков
Төтөлө суох — туохтан да тутуллубакка, тохтоло, иҥнигэһэ суох, түргэнник. Без запинки, быстро
Кириһээнэбис дириэктэрэ төтөлө суох сөбүлэспититтэн сирэйэ сырдыы быһыытыйбыта. Далан
[Сардаана] икки хараҕын уута төтөлө суох саба халыйан тахсан, ытаан ыгыллаҥнаан киирэн барда. П. Аввакумов
Тоотуктаах өрүсүһэ-өрүсүһэ эбэлэригэр Алаапыйаҕа тугу билбиттэрин-көрбүттэрин төтөлө суох ыһа-тоҕо кэпсээн биэрбиттэрэ. «Чолбон»