аат., хом. суолт. Биилээх, уһуктаах сэп, сэрии сэбэ. ☉ Режущее, колющее оружие (в собир. знач.)
Буомнаах, мэһэй суолу Үҥүү-батас солуо. Буолар үрдүк дьолу Үлэ күүһэ булуо. Күннүк Уурастыырап
Октябрь — Үҥүү-батас харсыыта, Үрүҥтойот умсуута. А. Абаҕыыныскай. Орто үйэлэр — бу ох саалаах, үҥүүлээхбатастаах, куйахтаах, аттаах сэрииһиттэр үйэлэрэ. ПГ ККК
◊ Үҥүү-батас тут — охсуһууга, төрөөбүт дойдуну күөмчүттэн көмүскүүргэ бэлэм буол. ☉ Вооружиться, быть готовым к защите кого-чего-л.
Тибии-тиһик түстэ, Тиллэр-өлөр кэллэ, Үрүҥ-хара турда, Үҥүү-батас тутта. П. Ойуунускай
Дьоллоох киһи буойун аатын сүгэр, дьоллоох уол оҕо бар дьонугар, Ийэ дойдутугар дурда-хахха буолар, үҥүү-батас тутар. Суорун Омоллоон
Сэрэх, куттал күннэргэ Үҥүү-батас тутуохпут. Күннүк Уурастыырап