Якутские буквы:

Якутский → Якутский

уолуктас

уолуктаа 2 диэнтэн холб. туһ. Саҥардыы нуктаан эрдэҕинэ, хаартыһыттар балыйсаннар, охсуһаары уолуктаһан турбуттарыттан уута көппүтэ. Болот Боотур
Тыл-тылтан хапсаммыт, икки эр бэрдэ уолуктаһан турбуппут. М. Попов

Якутский → Русский

уолуктас=

совм.-взаимн. от уолуктаа = хватать друг друга за грудки.


Еще переводы:

уолуктаһыы

уолуктаһыы (Якутский → Якутский)

уолуктас диэнтэн хай
аата. Баанньа ойон турбут да, уолу сирэйгэ сырбаппыт. Уолуктаһыы, хачыгыраһыы буолбут. Н. Кондаков

дьэргэс

дьэргэс (Якутский → Якутский)

I
дьэргэй диэнтэн холб. туһ. Үүт маҥан эрэһиэҥкэ олбуордар дьэргэһэн көһүннүлэр. М. Доҕордуурап
Көр, ити үҥкүүһүт уолаттар …… Күөрчэх ойууннуу эргийэн, Көтүөлээн дьэргэһэн бардылар. М. Ефимов
Маҥнайгы сүүрээннэр Оо, мэниктэриэн, Сир аайы сүүрэннэр Дьэргэспиттэриэн. И. Эртюков
II
даҕ. Түргэн туттунуулаах, олус сэргэх. Живой, подвижный, быстрый
Хаан өһөх Тимир дьэргэс Уһун турантай Сордоох суодалба хара Тойон сэргэ буоламмын …… Таҥнары ыһыытаатахпына Төһө улахан Сэттээх-сэлээннээх …… буолуой! Күннүк Уурастыырап
Дьэ эрэ, уолуктас уолаттар, сэттэ дьэргэс кыргыттар, ойуҥкөтүҥ, аста-үөллэ тардыҥ. А. Сыромятникова