I
1. даҕ., фольк. Харса-хабыра суох, баламат. ☉ Дерзкий, бойкий, идущий на любой риск
Урдурҕаччы санаалардаах Атын биис уустара Айыллыбыттара буолаарай диэн, Оччотооҕу урукку дьылларга Онтонмантан сураспыттара. П. Ойуунускай
Урдурҕаччы оботтоох Сорук Боллур уолун Сулбу ыҥыран ылан, Субу курдук диэн Соруодуйан кэбистэ. П. Ядрихинскай
Аллараа дойдуттан Арсан Дуолай аймахтара тахсан, Үөһээ дойдуттан Улуу Суорун оҕонньор урдурҕаччы удьуордара өһүөннээн үрэйэр эбиттэр. ФНИ ООҮө
2
аат суолт., урдус диэн курдук. Дьаакыап, күрүөҕүн кытаатыыһыгын, бу мантан ити урдурҕаччылар, кырдьык, иҥниэхтэрэ суоҕа. Суорун Омоллоон
— Оо, Орто дойду улуу урдурҕаччылара! Саллар сааспар, үллэр үйэбэр итэҕэйиэ суох этим. Е. Неймохов
II
сыһ. Күүскэ, иччилээхтик эҥсэлитэн (саҥар). ☉ Таинственно, утробным голосом (говорить)
Оҕуруктаах ойуун бөҕө Онолуйа туойбут, Угаайылаах удаҕан бөҕө Урдурҕаччы мэнэрийбит …… Көрүөхтэн дьулаан дойду буолуоҕа. П. Ядрихинскай
Якутский → Якутский
урдурҕаччы
Еще переводы: