даҕ. Аһыныык, аһыныгас. ☉ Участливый, жалостливый, сострадательный, сочувственный
Аан дойду дьолугар Аны даҕаны буоллар Арассыыйа эбэ хотун Аһыныылаах санаалаах киһини Айан иитэн таһаарыа! Саха фольк. [Баһымньы:] Таҥара аһыныылаах сурахтааҕа, миигин аһынаа ини, баҕар абааһы да аһыныа, туох да билбэт. А. Софронов
[Сайсары:] Оҕобутун бэттэх аҕалыҥ, аһыныылаах сүрэххитигэр сөрүү тутан, угуттаан, ийэ кутун энчирэтимэҥ. Суорун Омоллоон
Арыйаан уолум аччыктыыр, Ала ынаҕым маҥырыыр, Аһыныылаах тойон аҕам, Абыраллаах тааспын аҕал! Эллэй