Якутские буквы:

Якутский → Якутский

уһуурбахтаа

уһуур диэнтэн төхт
көрүҥ. Абаҕата, дьэ, уоскуйан, өрүтэ уһуурбахтаата. И. Гоголев
Тыал улам эбиллэн, күүһүрэн, үрүҥ хаары өрө ытыйан, уордайбыттыы уһуурбахтаабыта. А. Сыромятникова
Тимир оһоххо уот умайан тиҥиниир, оргуйа турар чаанньык хаппаҕа таһыгырыыр, итии буруонан уһуурбахтыыр. ВМП УСС


Еще переводы:

чамырҕаамахтаа

чамырҕаамахтаа (Якутский → Якутский)

чамырҕаа диэнтэн төхт
көрүҥ. Оҕонньор ойуумсуйдаҕына буоларын курдук чамырҕаамахтаан, өрүтэ уһуурбахтаан кэбистэ. М. Тимофеев

лаҕыай

лаҕыай (Якутский → Якутский)

лаҕыай буол — лааҕы: лааҕы буол 1 диэн курдук
Лаҕыай буолбут баата ыстааннаах, таба тыһа этэрбэстээх саар тэгил киһи чэпчэкитик хааман кэллэ. Н. Габышев
Лаҕыай буолбут хара чаанньык итииргээтим диэбиттии, итии паарынан өрүтэ уһуурбахтаат, хаппаҕын дуомун харса суох лабыгыратан барда. «ЭК»

дьигиһийбэхтээ

дьигиһийбэхтээ (Якутский → Якутский)

дьигиһий диэнтэн тиэт
көрүҥ. Тымныы уулаах үрэҕи харбаан туораабыт сылгылыы дьигиһийбэхтээтэ, өрүтэ уһуурбахтаата, баһын быһа илгиһиннэ. И. Гоголев
Дуугун оҕонньор ити тыллартан уҥуоҕа титирэстээн, дьигиһийбэхтии олордо. М. Доҕордуурап
Онуоха [Тойон Дьөллүүт бухатыыр дьиэтин иһигэр лиһигир гына түспүтүгэр] дьиэлэрин эркиннэрэ, Имэ-хомо суох эттэххэ, Дьигиһийбэхтээн ылла, Баҕаналара бачыгыраамахтаата. П. Ядрихинскай

сэтэрт

сэтэрт (Якутский → Якутский)

сэтэр диэнтэн дьаһ
туһ. Тиит быыһынан саҥардыы чаҕылыҥнаан тахсан эрэр күн дьыбары ордук сэтэрдэргэ дылы гынна. Тулхадыйбат д. Кини [кыһын] обургу силбиэтэнэн, муустаах муннунан өрүтэ уһуурбахтаан дьыбары-тымныыны сэтэртэҕинэ, дьадаҥы ыал сыл тахсар ото эрдэ быстан кыһалҕаҕа ылларара. «Кыым»
«Ама, хайа үлүгэрэй, омуннуугун ээ, бадаҕа, Лиза», — диэн оҕолор кыыһы өссө сэтэрдэн биэрдилэр. Кэпсээннэр