Якутские буквы:

Якутский → Русский

хаанньыт

человек, который пускает кровь.

Якутский → Якутский

хаанньыт

аат. Киһини хааннаан эмтиир киһи. Народный целитель, использующий метод кровопускания. Эһэтэ хаанньыт эбитэ үһү


Еще переводы:

кырыысчыт

кырыысчыт (Якутский → Якутский)

аат. Куруук кырыыр, кырыыс этэр үгэстээх киһи. Тот, кто проклинает
Мырдыс ойуун — отоһут, хаанньыт, илбииһит, алгысчыт уонна кырыысчыт, быһата, дэгиттэр идэлээх, бүтүн улуус үрдүнэн сураҕырар ойуун. А. Бэрияк

олордооччу

олордооччу (Якутский → Якутский)

аат. Туох эмэ үүнээйини олордор, үүннэрэр киһи. Сеятель
Иччитэх тиэргэнигэр титирик олордооччу Улуу саадтар суугунуулларын иһиллиир, Оттон кырсаны бултаан былааны толорооччу Олоҕу киэркэтэр үлэни кэрэхсиир. С. Данилов. Хортуоппуй олордооччуларга эмиэ күүрээннээх үлэ-хамнас. Соторутааҕыта «Кыым» хаһыакка суруллубут кириитикэ кинилэргэ тиийбит бадахтаах. «Кыым»
Муос олордооччу эргэр. — норуот эмчитэ, отоһут, хаанньыт (саха хаанньыттара хаанныылларыгар ынах муоһун тутталлара). Кровопускатель (народный лекарь). Сэмэн оҕонньор бэртээхэй муос олордооччу этэ

илбииһит

илбииһит (Якутский → Якутский)

аат. Ыарыһаҕы имэрийэн эмтиир идэлээх киһи. Человек, умеющий лечить разминанием, растиранием, овладевший искусством народного массажа
Мырдыс ойуун отоһут, хаанньыт, илбииһит, алгысчыт уонна кырыысчыт, быһата дэгиттэр идэлээх, бүтүн улуус үрдүнэн сураҕырар ойуун. А. Бэрияк